Ат-дођор уонна көмөлөһөөччү
(орто сүһүөх ођолорго библиотечнай уруок)
Формата: Дьыалабыай оонньуу.
Сыала:
1 .Ат киһиэхэ көмөтүн, туһатын туһунан билсии.
2.Кинигэни,текси кытта үлэлии үөрэнии.
Соруга: Сылгы, ат туһунан өссө дириңэтэн билии.
Уруок тэрилэ:
1.Кинигэ быыстапката «Сылгы, ат туһунан тугу билэђин?»
2.ϴс хоһоонноро
а) Yчүгэй ат биир кымньыылаах, үтүө киһи биир тыллаах.
б) Ат-киһиэхэ кыната.
в) Атыыламмат ат - сыаната суох
3.Телевизор, видео, кассета
4.Жетоннар.
(Бастаан телевизорынан ат туһунан ырыа ыллыыра иһиллэр).
0ђолоор бу ырыађа ылламмытын курдук былыр-былыргыттан сылгы иитиитинэн дьарыгырбыт Саха дьоно Дьөһөгөйтөн төрүттээх айыы ођотун-сылгыны атын дьиэ сүөһүтүттэн ойуччу туталлара, кинини ытыктыыллара киниэхэ сүгүрүйэллэрэ. Ат барахсаны киһи эрэ барыта кэрэхсиир, таптыыр.
Билигин мин эһиэхэ кинигэ быыстапкатын билиһиннэриэм. Быыстапкам аата «Сылгы, ат туһунан тугу билэђин» - диэн. Бу барыта сүннүнэн Саха сирэ бэчээттээн таһаарбыт кинигэлэрэ.
1. В.Р.Дарбасов «Ат туһунан тоьо билэ5ин» Дьокуускай.1993с
2. «Сылгыһыт справочнига» Якутскай Кинигэ изд-вота, 1984-68 с,ил.
3. П.И.Николаев «Саха сылгытын ыарыылара» Як.Кинигэизд-вота 1985-52с
Ю.Г.Титов «Ат барахсан» Якутскай. 1990 с.
А.И.Артамонов «35 сыл-ыңыыр үрдүгэр» Як.Кинигэ изд-вота. 1983-40 с,
Бу кинигэлэри аахтаххытына сылгы туһунан киэн билиини ылыаххытын сөп. Билигин биһиги сылгы, ат туһунан сэһэргэһиэхпит, пааранан үлэлиэхпит. Онуоха маңнай сылгы туһунан тугу билэрбитин биир-биир этэн иһэбит, ону мин дуоскађа суруйан иһэбин. (ођолор этэллэр)
Бары дађаны сылгы туһунан элбэђи билэр эбиппит. Айанна миинэр минэ Күрэхтэһиигэ - быһый атах Yлэђэ - буулађа бухатыыр Идэһэлэннэххэ - эмис эт, миннигэс сыа. Ыан истэххэ - уохтаах кымыс. Таңыннахха - талба таңас. Быа- туһах - бигэ тэрил буолар эбит.
Билигин өссө төһө билэрбитин билиэхпит. Мин паараларга Ат туһунан текст биэрэбин, манна хас биирдии этиигэ билэргитин, саңа билбиккитин туһунан атын лиискэ бэлиэтэнэбит. Ол кэнниттэн текстэргитин атын пааралары кытта атастаһађыт. Ити кэнниттэн пааралар тугу сананы ити текстэн билбиккитин кэпсиигит. Ат, сылгы туһунан өссө эбии билбэппитин биллибит. Билигин анны 3-4 буолан команданан арахсабыт. Команданан 5 түһүмэххэ күрэхтэһиэхпит. Сөпко эппит хамамндађа жетон биэрэн иһиэм. Хайы хамаанда элбэх жетоннаах, ол кыайар. Маннык түһүмэхтэр бааллар:
I - түһүмэх «СЫЛГЫһЫТ» диэн тылтан тахсар кроссворд.
II- түһүмэх Сылгыга сыһыаннаах маллар ааттарын
ааттааһын.
- түһүмэх Арааһа аты уруһуйдаабатах художник бука суох буолуођа. Ол курдук биһиги эмиэ Акка сыһыаннаах «Дођор, көмөлөһөөччү» - диэн уруһуй уруһуйдуохпут (2 мүнүүтэ)
- түһүмэх «Саха тылын кылгас быһаарылаах тылдьыта» кинигэттэн сылгыга сыһыаннаах тыллары биэрэбин, ону эһиги бу кинигэттэн булан быһаарыытын суруйађыт ( 5 мүнүүтэ)
V -түһүмэх Саха, нуучча суруйааччылара Дьөһөгөй ођотун
айымньыларыгар хоһуйбуттара, ол иһин биһиги билигин
Сылгы туһунан хоһоон, ырыа билэрбитин бэрибиэркэлиэхпит.
(3 мүнүүтэ)
I - түһүмэх «Кроссворд»
НЭС
ТЫЙ
КУЛУНЧУК
СЭ Р ГЭ
АТЫЫР
ХА hAH
кымыс
кон то с
Таһыйдахха да соччо кыһаллыбат, бытаан айаннаах нађыл ат?
1 сааһын толору туолан 2-с хаарыгар үктэммит сылгы?
Төрүөђүттэн 6-7 ый туолуор диэри аата?
Былыр аттаах ыалдьыт атын ханна баайарай?
Yөр сылгыны баһылаан-көһүлээн илдьэ сылдьар ат аата?
Сылгы кыһын хайдах аһыырый?
Сылгыттан ылыллар саха сөбүлээн иһэр утађа?
Аты сиэтэргэ, баайарга туттуллар быа аата?
IV - түһүмэх
1 команда.
1. Бэрэмэдэй - (48 стр) Акка ындар курдук холбуу
битиликтээх икки тирии хааһах
2. Кычым - (105 стр) Ыңыыр икки өттүнэн ат ойођоһун саба
түһэр тириилэр.
Холун - (231с) Ыңыыр, ат өрөђөтун курдуу баран, дьириминэн тардыллан бааллар бирээскэлээх уһун быата.
Typaђac - (200с) сиэлэ, кутуруга, уорђата харааран, ойођосторо хатыран көстөр дьүһүннээх.
2 команда.
Буулуур - (39стр) түүтүн тор до уонна хос түүтэ туртайан, оттон төбө дьиэкитэ кытарымтыйан көстөр дьүһүннээх. (сылгы өңө)
Чаппараах - (237стр) Ыңыыр кэннинэн ат самыытыгар уурар ойуулаах - оһуордаах киэргэл таңас.
Бото - (34стр) Аты ыңыырдыырга арђаһыгар уурар оту, сиэли үүйэн оңорбут эбэтэр атын халын сымнатыы тэллийэ.
Ыныыр - (245стр) Көлөнү миинэргэ, ындыы ыңырдарга арђаһыгар ууруллар туспа оңоһуулаах олох.
3-с команда.
1.Инэьэ - (78стр) Аты миинэргэ үктэнэн тахсарга аналлаах дугалыы быһылаах быалаах тимир.
Торгуу - (195стр) Ыңыыр кэннигэр таһађас кэлгинэр быа.
Ыңыыр - (245 стр) Көлөнү миинэргэ, ындыы ыңырдарга арђаһыгар ууруллар туспа оңоһулаах олох.
Утурум - (219стр) Быйыл төрөөн баран эмиэ ууламмыт.
4-с команда.
1. Кытыт - (105стр) Иккилээх үстээх тыһы сылгы
2. Дьоруо - (бб стр) Уңа эбэтэр хаңас атахтарын наар ылыталаан, сиэлэр, хаамар ыккардынан айанныыр (ат)
3. Улаан - (213стр) Сиэлэ, кутуруга сиһин оро5о, самыыта сырдаан көстөр, бэйэтэ кытархайдыны өнңөөх.
4. Буоьа - (38стр) сыарђалаах аты салайар үүн тиэрбэстэригэр баайыллар уһун быа.
Туттуллубут литературалар
1. Артамонов АИ.35сыл -ыңыыр үрдүгэр. Якутскай: Кинигэ изд-вота,1983.-40 с.
2. Афанасьев П.С,Слепцов П.А,Лиханов В.И. Саха тылын кылгас быһаарылаах тылдьыта.Якутскай, 1994.-264 с.
3. Васильев П.К,Федоров И.Г.Ойуулаах тылдьыт. Якутскай: Кинигэ изд-ота, 1992.-56 с.
4. Дарбасов В.Р. Ат туһунан төһө билэђин. Дьокуускай: 1993.
5. Саха бэргэн тыла-өһө. Yөрэнээччигэ көмө пособие.Дьокуускай: «Бичик»,1997.-56 с.
6. Саха фольклора.Детсад иитээччитигэр. Дьокуускай: 1993.
7. Саха фольклора. Кылаас таһынаађы аађыга көмө. Якутскай. Кинигэ изд.вота, 1986.-136 с.
8. Сылгыһыт справочнига. Якутскай.Кинигэ изд-вота, 1984.-68 с.
9. Таабырыннар уонна өс хоһоонноро. Кыра саастаах ођолорго. Дьокуускай, 1991.
10. Талыллыбыт айымньылар. – Дьокуускай, 1977 .
11. Тыңырахтаах тыллар: Сатира уонна юмор. – Дьокуускай, 1976.
12. Түүңңүкыыс: Сэһэн, 1994 .
13. Титов Ю.Г.Ат барахсан. Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1990.
14. Эрэдэһиннэр: Хоһооннор, ырыалар, поэмалар.- Дьокуускай, 1987.