3 –с кылааска саха тылын уруога.
Темата: « Аат тыл.»
Тема: Аат тыл. ( 3 кылаас)
Ытык ойдобуллэри ицэрии тумугэ: торообут торут тылын сайыннарар, кэлэр колуонэ5э тириэрдэр ытык иэстээ5ин ойдотуу; торообут тылга харыстабыллаах сыhыан;
Уорэх сатабылларын сайыннарыы тумугэ: торообут торут тыл бар5а баайын сыаналааhын;ыйытыы комотунэн предмет аатын кордорор тыллары булар сатабылы чицэтии; торообут Сахабыт сирин кыhыццы айыл5атын костуутунэн дуоhуйуу;бэйэ-бэйэ5э убаастабыллаахтык сыhыаннаhыы, комолосуhуу; бэйэ5э эрэллээх буолуу;
Уорэтии тумугэ: аат тыл этиигэ суолтата; аат тыллары арааран билии;тыл тугу эрэ ааттыыр буолла да, предмет ойдобулэ ойдобуллэнэр эбит диэн тумук;
Уруок тэрилэ: предмет ойуулара, кыhыццы айыл5а хартыыната, тыл суруллубут карточкалара.
Уруок хаамыыта:
Саца теманы ойдуургэ бэлэмнээhин.
Дьиэ5э улэни бэрибиэркэлээhин.
- Саца чаастарын хайдах араарыахха собуй? Дьиэ5э улэ5э бэриллибит эрчиллииттэн дакаастаац. (эрч. 85, с.42)
2. Хоhоонунан улэ. ( Петр Тобуруокап «Ааппыт туhунан»). ( О5олор дуоскаттан аа5ыахтарын соп).
Аата суох диэн
Аан дойдуга суох!
Быhах, сугэ, харандаас,
Былаат, утулук, матараас,
Уоруу, оонньуу, аймал5ан,
Онноо5ор мас бала5ан,
Онноо5ор бу бэс хал5ан –
Ойдоон кээhиц, атастар,
Барылара ааттаахтар.
Ракета, самолёт,
Аэропорт, вертолёт,
Кутэр, чоху, кымырда5ас,
Кустэх, мунду, майа5ас –
Барылара туспалар,
Барылара ааттаахтар.
- Бу хоhооццо ханнык ыйытыыга эппиэттиир тыллар элбэхтэрий? Оччо5уна ханнык саца чааhа буолалларый?
Аат тыл – бу бугуццу биhиги уроукпут темата буолар.
II.САЦА ТЕМАНЫ БЫhААРЫЫ УОННА УРУТ БАРБЫТЫ ХАТЫЛААhЫН.
1. Аат тыл суолтата.
- Дуоска5а суруллубут тыллары аа5ыц уонна устуц. Устаргытыгар предмет аатын, бэлиэтин, тугу гынарын кордорор тыллары бэлиэтээц.
Туус – туустаах – туустуур
Сайын – куох – сайылыыр
Хаар – мацан – хаардыыр
- Бу тыллартан ханнык тыллар аат тыл буолалларый? То5о? Дакааастаац.
( Ханнык ыйытыыга хоруйдуулларый уонна предмет тугун кордороллоруй?)
- Ол аата, предмет аатын кордорор, КИМ? ТУОХ? диэн ыйытыыга эппиэттиир саца чааhын – аат тыл диэн ааттыыбыт.
2. Аат тылы наардааhыцца улэ.
а)( Бу улэ оонньуу быhыытынан барар. Кроссворд таайыыта).
б) Эрч. 87, с.43.
- Ханнык ыйытыыга эппиэттиир аат тыллары суруйдугут? ( Туох?) Оссо эбии ким суруйда? Ойуурга экскурсия5а сылдьан оссо тугу корбуккутуй?
- Сахалыы киhини эрэ КИМ? диэн ыйыталлар.
3. Словарнай улэ. Эрч. 88. ( халлаацца, долгулдьуйар, сарсыарда, дьукээбил, дыргыйбыт дуоска5а ырытан ойдотуллэр).
- Этиилэри чаастарынан салайан суруйтарыы.
- Ханнык сыhыарыы комотунэн ситимнэстилэр? Аат тыллары аннынан тардан бэлиэтээц.
III. «Аат тыл» ойдобулун чицэтии.
Ханнык сыhыарыы нааданый: -ыы дуу, -ааhын дуу?
Холобур: бар – «р» бутэй дор5оон, онон «бар –ыы» дэнэр, ылла – «аа» аhа5ас дор5оон, онон «ылл –ааhын» буолар.
Аат тылы уоскэтэн, икки ацы суруй. ( дуоска5а тыллар суруллан тураллар): кэл, тур, оонньоо, уцкуулээ, киир, та5ыс, кэпсээ, ас, сап, сиэ, ис, ыл, биэр, э5эрдэлээ, бэлэхтээ, эт, ыйыт.
Хоhоону истэн суруйуц. ( П. Тобуроукап «А5ыс»).
Олорбуттар: а5ас –балыс,
Эhээ, эбээ, Даайыс, Маайыс,
Иван Иванович,
Семен Семенович,
Тарбаххар да5аны аа5ыс –
Оруобуна а5ыс!
- Ким? –диэн ыйытыыга эппиэттиир аат тыллары булан аннынан тардыц.
IV.Этиигэ аат тыл суолтатын кэтээн коруу.
Дуоска5а аат тыллара суох этиилэр суруллан тураллар. (Эрч.86,с.43).
( кырса, туундаратын, хаар, туундара, остоохторуттэн)
Быйыл …..элбэх. Уруц кырса …… таптыыр. Кини … курдук мацан. Оттон сайын …. курдук бороц оцнонор. Онтуката …. быыhыыр.
- Тиэкис аат тыла суох ойдонор дуо? (Суох).
- Аат тылларын туруоран биэрэбит, аа5абыт:
Быйыл кырса элбэх. Уруц кырса туундаратын таптыыр. Кини хаар курдук мацан. Оттон сайын туундара курдук бороц оцнонор. Онтуката остоохторуттэн быыhыыр.
- Ол аата, этии аат тыла суох этии буолбат эбит. ( О5олор икки этиини талан усталлар).
V. Тумук.
- Ханнык саца чааhа аат тыл дэнэрий?
Аат тыл тугу кордороруй?
Аат тыл этиигэ суолтата?
- Тугу ордук ыарыр5аттыгыт? Хайдах улэлээтибит дии санаатыгыт?
VI. Дь/ улэ. ( Быраабыланы уорэт. 5 дьиэ кыылын аатын уонна 5 КИМ? Диэн ыйытыыга хоруйдуур аат тылла булан суруйан кэлэ5ит.