kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

О5ону уус-уран литература5а иитии ньымалара

Нажмите, чтобы узнать подробности

В данной работе представлены методы обучения детей к художественной литературе.

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«О5ону уус-уран литература5а иитии ньымалара»

О5ону уус-уран литература5а иитии ньымалара.

Иитии киьи-аймах уоскуо5уттэн баар костуу. Сир урдугэр олох баарын, туох барыта уунэр-сайдар, иннин диэки барар аналлаа5ын тухары киьи мындыр ойунэн айар-тутар, оркон ойунэн сана суоллары булар, оло5у кытта тэннэ хаамсар. О5ону иитии эмиэ ол тэнэ. Былыр-былыргыттан хайа да омук кэлэр кэскилин ыччатыгар короро, эдэр колуонэни иитиигэ улаханнык бол5ойон сыьыаннаьара. Обугэлэрбит удьуор сал5анар утума, кырдьар кырыыс сааьы кыьал5ата суох олорор, бастатан туран, ыччатын тулуктаа5ын ойдоон, о5ону олус муударайдык, мындырдык иитэлллэрэ. Кинилэр олох суруллубатах сокуоннарын тутуьарга, тулалыыр эйгэ5э ытыктаан сыьыаннаьарга, айыл5аны харыстыырга, кырдьа5аьы, кыраны ата5астаабат буоларга, куьа5ан кэмэлдьини арааран корон, ону утары охсуьарга кэлэр колуонэни уьуйаллара, кэрэ5э, урдуккэ тардыьарга кынаттыыллара, онуоха тирэх, утуо субэ-ама, суруннээччи буолаллара. Итини барытын о5о уйул5атыгар, сана туран эрэр ойугэр-санаатыгар таба тиэрдэр суолу тутуьан, норуот кэхтибэт кэскилин онкулаабаттара.

Хас биирдии киьи – дьиэ кэргэн – бутун норуот ыччатын бары оттунэн сайдыылаах гына иитэр сыалы туруорунан араас ньымалары тобулар. Бу барыта тумуллэн иитии ньымалара дэнэллэр. Педагог И.Ф. Харламов быьаарарын иитии ньымалара диэн – о5о коруутун сайыннарыыга, быьыытын – майгытын чопчулааьынна, личность быьыытынан туруутун, ситиитин суруннуургэ туьаламмыт араас хайысхалаах улэни тэрийэргэ туттуллар ньымалар ааттаналлар.

Норуот о5ону иитэр ньымалара фольклорга, угэстэргэ оло5уран чинчийиллибит этнопедагогика диэн педагогическай наука салаатыгар тумуллэ сылдьаллар. Этнопедагогиканы иилээн-са5алаан торуттээбит ученай Г.Н. Волков буолар. Норуот педагогикатын силиьэ тун былыргаттан тардыылаах. О5ону кыра сааьыттан этнопедагогика олуктарыгар, нуормаларыгар оло5уран иитии туьунан элбэх научнай улэ суруллунна. Этнопедагогика практическай суолатата олох холобуругар эрэ буолбакка, педагогическай наука уоскээн тахсыбыт сурун тирэ5э буоларыгар эмиэ сытар. Ону научнай торуттэргэ оло5урбут академическай педагогика норуот иитэр угэстэрин кытта айымньылаахтык дьуорэлэьэрэ туоьулуур.

Фольклор диэн норуот тылынан уус-уран айымньыта, уостан-уоска туьэрэн уйэлэр тухары муспут баайа, кылаата, муудараьа. Саха уус-уран литературата уоскууругэр фольклор сурун олук, торут буолбута. Ол курдук, саха литературатын торуттээбит суруйааччылар: А.Е. Кулаковскай – Оксокуулээх Олоксой, А.И. Софронов, Н.Д. Неустроев, П.А. Ойуунускай – бастакы айымньыларын фольклор жанрдарыгар оло5уран суруйбуттара. Литература уоскээбит оссо биир торутунэн олох бэйэтэ буолар.

Норуот тылынан уус-уран айымньыта литературатын бутуннуу сонон илдьэ сылдьар литературнай айымньылар биир ураты суолталара о5ону иитиигэ сытар. Литература5а олох костуулэрэ сирэйинэн, ардыгар дьуьун кубулуйан киирэллэр. Манна ойууланар – киьи куннээ5и кыьал5ата, ой-сурэх моккуорэ, санаа араастаьыыта, киьи ис туруга, иэйиитэ, уйул5ата, личность иитиллэн тахсыыта. Уус тыл комотунэн кэпсэнэр норуот дьону, ыччаты иитиигэ уурар бол5омтото. Тороппут о5отун иитиигэ туттар угэстэрэ, ньымалара, тутуьар сиэрэ-туома геройдар холобурдарыгар итэ5этиилээхтик костор. Бу буолар кумаа5ыга туспут олох педагогиката. Онон литературнай айымньыларга педагогика дьоьун миэстэни ылар диэн бэлиэтиибит. Оттон айымньы аа5ааччыны иитэр-уорэтэр суолатата ураты улахан. Аа5ааччы геройдартан, автортан итэ5эьэ суох билиини ылар. Итинтэн сиэттэрэн уус-уран литература олоххо дьайар суолтата быьаарыллар.

Бугунну куннэ иитии ньымаларын туьунан олус элбэх улэ баар. Олорго ньымалары наардааьын биир чопчу бигэргэммит онкула суох. Иитии ханнык да ньыматын бу – куьа5ан, бу – учугэй диэн этэр кыахпыт суох. Хас биирдии ньыма хайа тугэннэ, хайдах туттуллубутуттан тумугэ тулуктаах. Ол эбэтэр, тороппут, педагог, иитэччи о5о быьыытын – майгытын суруннуургэ балаьыанньатыттан корон иитиини биэрэр. Маныаха о5о сааьа, тус хаачыстыбалара, буола турар кэмнэ о5о уйул5атын туруга учуоттаныахтаахтар. Бу улэм педагог И.Ф. Харламов коруутугэр оло5уруо5а. Кини иитии ньымаларыгар итэ5этиини, холобуру, эрчиллиини, хай5ааьыны уонна сэмэлээьини, ирдэбили уонна хонтуруолу киллэрэр.

Итэ5этии – бу социальнай уонна духуобунай сыьыаннаьыылар, сиэр – майгы нуормаларын уонна быраабылаларын ис дьинэрин иитиллэр личноска биллэрии, тиэрдии ааттанар. Бу ньыма, суруннээн, тыл кууьунэн о5о5о тиэрдиллэр. Маныаха ускугэр бисиэдэ, ойдотуу, этии, кэпсээьин, лекция уо.д.а. туттуллаллар. Итэ5этии ньыматын личность ис туругар, ойугэр – санаатыгар бигэтик олохсуйар билии – коруу инэриллэр.

Итэ5этии личность духуобунай туругун бутуннуу быьаарар – дьайыыларын, соруктарын, олоххо коруулэрин, интэриэьин, ба5атын, иэйиитин. О5о тороппуттэрин, чугас да, ыраах да дьонун тылын нонуо оло5у анааран корор дьо5ура сайдар.

Улахан дьайыыны тороппуттэр ылаллар. Кинилэр о5о5о сиэр-майгы нуормаларын уонна тулалыыр эйгэ, олох – дьаьах туьунан соптоох ойдобуллэрин уран ытл эгэлгэтинэн, утуо субэнэн бигэтик олохтууллар. Сатанар – сатаммат, учугэй – куьа5ан, кэрэ – мара диэн ойдобуллэри о5о билэ улаатар. О5о5о кыра сааьыттан остуоруйа кэпсиир утуо угэс баар, тороппуттэр сылдьалларын тухары: дьиэ5э-уокка, айыл5а5а, общество5а, туора сиргэ туох собун – сыыьатын, табылларын – табыллыбатын сэьэргииллэр, ойдотоллор, такайаллар, кэпсииллэр. Онон эдэр киьи ойугэр аан дойду, тулалыыр эйгэ туьунан сиьилии ойдобулу биэрэллэр.

Холобурга, Суорун Омоллоон «Харана5а тыкпыт сырдык» кэпсэниттэн а5алабыт. «Сарсыннытыгар, киэьэ, Ньукуус, ийэтэ ынахха киирэри турда5ына, а5атын мас суруйар харандааьын сэттэ тогуллээн кордоон ууйэ тутта. Онуоха ийэтэ, кэлин тиьэ5эр тиийэн: «Бу уол харандааьынан иирээри гынна дуу, киьи илиитин – ата5ын сугун хамсатарыттан ааста», - диэн баран бох чабыча5ынан оройго «лап» гыннаран кэбистэ. Уол нахчас гына тустэ. Кырдьыга, ытыах киьи хоноьо кыыс баарыттан – «эр киьи буолан баран ытыыр эбит» диэн, хоьулуо диэн, кыатанна, ол да буоллар мунна бэркэ сурдур5аата».

Манна костор – Ньукуус ытыах киьи эр киьи тулуурдаа5ын, ытанньа5ына суо5ун, кыыс о5оттон куустээ5ин олус учугэйдик билэр буолан ытаабата. Ол аата киниэхэ бу туьунан ойугэр – санаатыгар диринник инэр гына ким эрэ эрдэ (тороппуттэрэ, чугас дьоно, табаарыстара) кэпсээбит. Бу билиитэ Ньукуус бу тугэннэ быьыытын салайда.

Р.А. Согдоева «А5ам буочара» кэпсээнэ: «Кыра эрдэхпинэ а5ам аьаабыт иьити бэрт ыраастык сууйаара. Сууйуон иннинэ иьитин бэрээдэктиир: тэриэлкэлэри биир сиргэ, ньуоскалары, быьахтары атын сиргэ уурар, чааскылары унуохтарынан кэчигирэтэр. Бастаан чааскылар быыбаккаларын сайгыыр, арыылаах тэриэлкэлэри сомуйэтинэн ньиккэрийэн бэрт минньигэстик айа5ар илдьэр. Бэлэмнэнии улэ кэнниттэн дьэ, миискэ5э уу ылан иьитин сууйар. Чэпчэтинэр улэтин оссо олох эрдэ, аьаан бутэригэр са5алыыр: хара5ын быьа симэн олорон миин испит тэриэлкэтин салаан хааппыла да сыа хаалларбаккка ньал5аарытан кэбиьэр. «Сууйарга чэпчэки» диэн миигин ити уопутугар уорэтээччи, ону мин аныгы о5о буоламмын тэриэлкэбин салыахпын санаам барбат этэ. Кэлин улаатаммын иьит сууйар эппиэттээх эстафетаны мин ылбытым».

Бу быьа тардыыга автор а5ата бэйэтин холобурунан о5отугар иьити сууйарга уорэтэрэ костор. Автор а5ата хас биирдии хамсааныытын, иьити сууйарга туьанар «киитэрэстэрин» олус учугэйдик билбит – корбут. А5ата то5о итинник гынарын эмиэ билэр. Оттон бу уопуттан «тэриэлкэни салааьыны» эрэ собулэбэтин туьунан суруйар. Бу сырыыга о5о а5аттан корон уорэнэрэ, кини холобуругар иитиллэрэ костор.




Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Внеурочная работа

Категория: Мероприятия

Целевая аудитория: Прочее.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
О5ону уус-уран литература5а иитии ньымалара

Автор: Сивцева Юлия Семеновна

Дата: 21.04.2017

Номер свидетельства: 410768


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства