kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

"Өбүгэ оонньуулара"

Нажмите, чтобы узнать подробности

Киһи өйө уһуктан, өй үлэтинэн умсугуйан барарыгар билгэлиир төрүт дьүөрэлэһэн кыттара улахан суолталаах. Онно ырыҥалааччылар сайдыылара, кыттыһаллара үчүгэй түмүгү аҕалар. Харах, илии кыра былчыҥнарын сайыннаран, сатаан салайа, тута үөрэнии оҕо кыра сааһыгар ордук наадалаах. Онно өбүгэ айбыт остуол оонньууларын туттуохха сөп.

Хаамыска, хабылык, тырыыҥка, дугда, тыксаан, дуобат уо.д.а. остуол оонньуулара сахаҕа улаханнык тарҕаммыт оонньуулар.

Оҕо этэ-сиинэ, өйө сайдар уратытын учуоттаан итинник оонньуу матырыйаалын кытта билсиһиннэрэрбит. Оҕо бигээн, имэрийэн, тутан-хабан, тэІнээн, холоон, сааґылаан наардыыр дьоҕурун сайыннарар боростуой эрчиллиилэртэн саҕалыахха сөп.

Холобур, хаамыскаҕа үөрэтиэхпит иннинэ бастаан хаамыска маһын араастаан ууран, ахсаанын ааҕан, тэҥнээн, бөлөххө араара үөрэнэбит. Атыннык эттэххэ элбэх, аҕыйах, биир, уҥа, хаҥас, үөһэ, аллараа диэн бастааҥҥы математическай өйдөбүлү биэрэбит.

Билигин «Хаамыска» оонньууну кытта билиһиннэрэбит. Бу биһиги эһэлэрбит, эбэлэрбит оонньуулара. Оҕолоор, ким дьиэтигэр хаамыска баарый? Дьиэҕитигэр өссө ханнык өбүгэлэрбит оонньууларынан оонньуугутуй? Билигин хаамыска хас буоларын өйдөөн көрөбүт. Хаамыска (кубик) хас өрүттээҕий? Хайа геометрическай фигура курдугуй?

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«"Өбүгэ оонньуулара"»

Тыарасинская коррекционная (специальная) школа

интернат VIII вида











Өбүгэ өйү уһугуннарар оонньуулара

(бэсиэдэ)















Воспитатели:

Пономарева М.С.

Собакин И.Я.









2014

Киһи өйө уһуктан, өй үлэтинэн умсугуйан барарыгар билгэлиир төрүт дьүөрэлэһэн кыттара улахан суолталаах. Онно ырыҥалааччылар сайдыылара, кыттыһаллара үчүгэй түмүгү аҕалар. Харах, илии кыра былчыҥнарын сайыннаран, сатаан салайа, тута үөрэнии оҕо кыра сааһыгар ордук наадалаах. Онно өбүгэ айбыт остуол оонньууларын туттуохха сөп.

Хаамыска, хабылык, тырыыҥка, дугда, тыксаан, дуобат уо.д.а. остуол оонньуулара сахаҕа улаханнык тарҕаммыт оонньуулар.

Оҕо этэ-сиинэ, өйө сайдар уратытын учуоттаан итинник оонньуу матырыйаалын кытта билсиһиннэрэрбит. Оҕо бигээн, имэрийэн, тутан-хабан, тэІнээн, холоон, сааґылаан наардыыр дьоҕурун сайыннарар боростуой эрчиллиилэртэн саҕалыахха сөп.

Холобур, хаамыскаҕа үөрэтиэхпит иннинэ бастаан хаамыска маһын араастаан ууран, ахсаанын ааҕан, тэҥнээн, бөлөххө араара үөрэнэбит. Атыннык эттэххэ элбэх, аҕыйах, биир, уҥа, хаҥас, үөһэ, аллараа диэн бастааҥҥы математическай өйдөбүлү биэрэбит.

Билигин «Хаамыска» оонньууну кытта билиһиннэрэбит. Бу биһиги эһэлэрбит, эбэлэрбит оонньуулара. Оҕолоор, ким дьиэтигэр хаамыска баарый? Дьиэҕитигэр өссө ханнык өбүгэлэрбит оонньууларынан оонньуугутуй? Билигин хаамыска хас буоларын өйдөөн көрөбүт. Хаамыска (кубик) хас өрүттээҕий? Хайа геометрическай фигура курдугуй?













«Хаамыска»

Хаамысканы биир өттө балтараа сантиметрдаах кубик маһынан эбэтэр бил балык сиґин тоноҕоһунан оҥоһуллар. Биэс хаамыскаттан биирэ кэрдиистээх, «баһылык» хаамыска. Кэрдиистээх хаамыска үөһээ быраҕарга аналлаах.

Оонньууга 4-5 киһи кыттар. Хаамысканы уҥа ытыска кутан баран үөһэттэн остуолга быраҕыллар. Онтон биир «хабылык» хаамысканы ылан үөһэ быраҕар уонна остуолга сытар хаамыскалары ытыһыгар биирдиилээн хомуйан баран, ытыһын тоһуйан үөһэ бырахпыт хаамыскатын хабан ылар. Оннук «баһылык» хаамысканы түөртэ үөһэ быраһан, остуолга сытар түөрт хаамысканы кытта хабан иһэр.

Иккис сырыыга сорудах ыарыыр, оҕо «баһылык» хаамысканы эмиэ остуолга ыспыт хаамыкаларыттан ылан үөһґэ быраҕар уонна иккилиини холбуу ылан иһэр.

Үһүс сырыыга бастаан биири, онтон үһү холбуу хабар.

Төрдүс сырыыга биир хаамысканы эмиэ үөһэ быраҕар, атын хаамыскатын барытын ытыһыгар хомуйан ылар. Үөһэ бырахпыт хаамыскатын хаба охсор. Бэһис сырыыга хаамысканы барытын илиитин көхсүгэр уурар уонна биир эрэ хаамысканы хаалларан, сэрэнэн остуолга түһэртэлиир. Онтон илии көхсүгэр хаалбыт хаамысканы үөһэ быраҕан баран, остуолга түспүттэри хомуйан ылар.

Ити курдук хаамыска оонньуурга аҕыска диэри араас көрүҥнээх ирдэбил быраабыла буолан киирэр.







«Дугда»

Дугда оонньуу түөрт тэҥ өрүттээх (5см.) маґы ортотунан атын угун курдук уктаах оҥоһуллар. Уга тутум уһуннаах.

Түөрт эркинэ түөрт араас бэлиэлээх: биир харах, икки харах, кириэс уонна килиэккэ. Харах суолтатынан араас ахсааннаах ынаҕы ылаҕын эбэтэр биэрэҕин. Дугданы биир оҕо эргитэр уонна ыытан кэбиһэр. Хайа өттүнэн түспүтүн көрөн ылыы , биэрии быраабылатын толорор. Биир харахтаах өіттө үөһэ түстэҕинэ, биир ынаҕы ылар, оттон икки харахха – икки ынаҕы. Кириэс түстэҕинэ тугу да ылбат, ол оннугар уопсайга төһө ынах баарый соччону бэйэтин ынаҕыттан уурар. Оттон килиэккэлээх өттүнэн түстэҕинэ, остуолга (уопсайга) баар ынаҕы барытын ааҕан ылар. Итинник үллэстибит ынахтара бүтүөр диэри оонньуулар. Ким элбэх ынахтаах хотор.

Маны таґынан «Хабылык», «Баайа», «Тыксаан», «Тырыыҥка» бааллар. Маны таһынан таабырын, көрдөөх ахсаан оҕо өйүн сайыннарар. Эппиэти көрдүүргэ, буларга оҕо араастаан эргитэн толкуйдуур, булугас өйдөөх буолар. Таабырын таайыытын эппэккэ, ыарырҕаттахтарына туохха сыһыаннааҕын этэн баран, хас да киэһэни, нэдиэлэни быһа таайтараллара.










Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Внеурочная работа

Категория: Мероприятия

Целевая аудитория: Прочее

Скачать
"Өбүгэ оонньуулара"

Автор: Собакин Иван Яковлевич

Дата: 07.10.2016

Номер свидетельства: 347852

Похожие файлы

object(ArrayObject)#863 (1) {
  ["storage":"ArrayObject":private] => array(6) {
    ["title"] => string(104) "Өбүгэ оонньуутун туһанан өйгө хатыыр дьоҕуру сайыннарыы"
    ["seo_title"] => string(59) "obughe_oonn_uutun_tuhanan_oigho_khatyyr_d_og_uru_saiynnaryy"
    ["file_id"] => string(6) "405481"
    ["category_seo"] => string(16) "nachalniyeKlassi"
    ["subcategory_seo"] => string(11) "presentacii"
    ["date"] => string(10) "1490968260"
  }
}
object(ArrayObject)#885 (1) {
  ["storage":"ArrayObject":private] => array(6) {
    ["title"] => string(212) "Рабочая программа по внеурочной деятельности "?б?гэ оонньуулара" в 3 классе (спортивно-оздоровительное направление))"
    ["seo_title"] => string(125) "rabochaia_proghramma_po_vnieurochnoi_dieiatiel_nosti_obughe_oonn_uulara_v_3_klassie_sportivno_ozdorovitiel_noie_napravlieniie"
    ["file_id"] => string(6) "343068"
    ["category_seo"] => string(10) "fizkultura"
    ["subcategory_seo"] => string(12) "planirovanie"
    ["date"] => string(10) "1473470056"
  }
}


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства