kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Сценарий эвенкийского праздника "Икэчик"

Нажмите, чтобы узнать подробности

БырааҺынньык буолар сиригэр эрдэттэн палатка, чум тутуллар. Зал ортотугар чыычаах ойуулаах остуолба турар. Бу остуолба тула ус тиит мастар тураллар, ол мастартан балык ойуулаах талахтар бараллар, аттытыгар киҺи ойуулаах фигура ыйаныллар.

Эбэнки танастаах ыытааччылар тахсаллар.

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Сценарий эвенкийского праздника "Икэчик"»

ИКЭЧИК

Эбэӊки бырааҺынньыгын сценария.


БырааҺынньык буолар сиригэр эрдэттэн палатка, чум тутуллар. Зал ортотугар чыычаах ойуулаах остуолба турар. Бу остуолба тула ус тиит мастар тураллар, ол мастартан балык ойуулаах талахтар бараллар, аттытыгар киҺи ойуулаах фигура ыйаныллар.

Эбэнки танастаах ыытааччылар тахсаллар.


1 ыытааччы: Ƴтʏɵ кʏнʏнэн! Кʏндʏ «Икэчик» ыалдьыттара! Икэчик диэн бу

эбэӊкилэргэ сайыны кɵрсʏʏ буолар. Билигин биҺиги

эбэӊкилии дорооболоҺуохпут.

– Аят бидекеллу!


Охолор: Аят бидекеллу!


2 ыытааччы: – Дорово! Мэнду!


Охолор: Мэнду!


1 ыытааччы: Мэндэ! Аямамал бэел, гиркил ирэмэл!

Си эмэндукис кис сот уруним!

Синэ праздникит эгэрдэлэдем!


2 ыытааччы: Ɵктɵɵптɵн ɵрʏттэн тʏбʏста

Ƴйэ аӊара эбэӊки саргыта

Ол инниниэ норуот дэммэтэ.


1 ыытааччы: Бу улуу бырааҺынньык, дьыл саамай ʏчʏгэй кэмигэр

ырыалаах, ʏнкʏʏлээх, ʏɵрʏʏлээх - кɵтʏʏлээх ыытыллар. Бʏгʏн

биҺиги ис дууҺабытыттан ыллыахпыт, туойуохпут,

ʏӊкʏʏлʏɵхпʏт.

2 ыытааччы: УҺун тымныы кэнниттэн, биҺиги ɵбʏгэлэрбит сыл аайы биир

сиргэ мустан сайыны кɵрсɵллɵрɵ. Маннык

бырааҺынньыктар кинилэргэ бэйэ бэйэлэригэр сʏбэ-ама

бэрсэллэригэр кɵмɵлɵьɵр этэ уонна бука барыларын

алыптаах тыынынан угуйар.




1 ыытааччы: Айыл5аны кытта ыкса алтыьан олорор буоламмыт кини

айыылырыгар унэбит суктэбит. Ол курдук билигин биьиги

бэйэбититтэн араас куьахан инпит санаалары ыарыылары

ыраах кыйдыахайын.


Наталья Серафимовна:


2 ыытааччы: Бары ыраастанныбыт, буруоны кытта биьиги туох баар

куьахаммыт ыарыыбыт барыта барда диэн эрэниэххэйин.

Билигин ыраас дууьалаах, санаалаах обугэлэрбит

бырааьынньыктарын сал5ыа5ын.


1 Эбэӊкилии уӊкуу 3 кылаас.


1 ыытааччы: Билигин эҺиги бол5омто5утугар Синкэлэвун – диэн булчут

дьолун тардар сиэрин-туомун толоруохпут.


2 ыытааччы: Былыыр-былыр, дьон этэринэн ʏс сир дойду олохтоммут.

Бу ʏс дойду биир саастаах тугут кулгаахын са5а эбит. Орто

дойду – Дулин Буга диэн. Бу дойду ортотугар чум турбута.

Ол чуумӊа булчут дьиэ кэргэнин кытта олорбута.


1 ыытааччы: Элбэх о5олоох дьиэ кэргэн. А5а баҺылыктара бултаан-

алтаан аҺатан-иитэн олорбута.

Арай биир кэмӊэ кыыллар атын сиргэ кɵьɵн барбыттара

эбитэ дуу, булчут тыа иччитин Байанайы хомоппута эбитэ

дуу. Биир да кыыл киҺи харахар таба кɵстʏбэт буолан

симэлийэн хаалбыттар.


2 ыытааччы: О5олоро ас кɵрдɵɵн ытаҺаллар, булчут ханна да барыах-

кэлиэх сирин булбат. Иннэ гынан булчут уот иччитигэр

туҺаайан кɵрдɵҺɵр, хомоппут буоллахпына бырастыы

гынарын уонна куҺа5ан тыыннартан кɵмʏскʏʏрʏгэр

кɵрдɵҺɵр.


Булчут: Улуу Тойон эҺэм

Миэхэ до5ор буолан

Миигин ʏɵрт,

Мин санаабын кɵтɵх.

Мин эйигиттэн ситиҺиини кʏʏтэбин,

Миэхэ анаммыты кистээмэ!


(Бултуур амулетын аҺатар) Амулеттан кыра сыаны быҺа тардан уокка быра5ар уонна кɵрдɵҺɵр.


Булчут: Тойон эҺэм, ытык эҺэм миэхэ кыылла-кɵтɵрдɵ ыытан кулу.

Ɵскɵтʏн кыылы туттахпына, тута саӊа бэргэҺэлэтиэм этэ.


1 ыытааччы: Дьэ аны о5олорго араас кыылы-кɵтɵрʏ ыытыӊ. Кинилэр

ɵлɵн-быстан биэрбэттэрин туҺугар. Сыалаах буруонан

тыыммыт булчут Һэллан сотору кэлэрин эрэнэ саныыр.

АҺаабыт-топпут Һэллэн ʏӊкʏʏлʏɵн ба5арар, булчут сир тула

хамсатар уонна саӊарар: «О5олорбор элбэх тииӊи, табаны

биэриэхим».

Ол кэннэ чуумпу сиргэ барар тайах ойуутун туруорар. Ол

кэнниттэн ону ох саатынан ытар. Ɵскɵтʏн тапта5ына,

ситиҺиилээх булт буолар.


Булчут тайахха ʏɵмэр, ытар, онтон чаастарга арааран биир биир уурталыыр.


2 ыытааччы: Кʏнтэн кʏн хаҺыс да сылын.

Кʏн тахсыа5ыттан кʏн киириэр дылы

Киэӊ нэлэмэн тыанан

Булчут хаамар.

Кини бу тыа5а ʏɵскээн улааппыта,

Тыата киниэхэ дэлэйэ суо5а.

Тоӊ сʏрэ5ин ириэрээри да булчут хараӊа да, тымныы

халлааӊӊа сылдьарын кэрэйбэт.

Кини норуотун аҺатан-сиэтэн,

Кинилэр тустарыгар ʏйэлээри-хамнаары.


1 ыытааччы: Норуот маннык ʏтʏɵ ʏгэҺи тутуҺар идэлээх – эбит.

Ɵскɵтʏн булчут тыа5а кыыл табаны кɵрɵн ситистэ5инэ

дьукаахтыы олорор ыалга,

Амарах сʏрэхтээх дьоӊӊо тайах этиттэн бэрсэллэр.

БэриҺиннэрбит дьон эмиэ айыылартан булчукка бэттэх

хайыҺарын кɵрдɵстʏннэр,

АҺааӊ-сиэӊ, кʏндʏ ыалдьыттар.


2 Һээдьэ 2 кылаас.



2 ыытааччы: Туруук таастаах хайалаах,

Ыраах ыстаадам сиригэр,

Кʏɵх сайыны илдьиттээн,

Быыкаайык табачаан,

Кылбаа маӊан тугутчаан,

Эбээн дьонун ʏɵрʏʏтэ,

Кʏн сиригэр тɵрɵɵтɵ…


3 Таба ʏӊкʏʏтэ 4А кылаас


1 ыытааччы: Туундарам ʏрдʏнэн ʏрдʏк кʏн

Ийэлии истиӊник мичээрдэ,

Сʏрэхпит ʏɵрʏʏтʏн ʏллэстэн.

Сайыны ча5ылла сандаарта .

4 Эбэӊкилии ʏӊкʏʏ 4Б кылаас.


2 ыытааччы: Сʏʏрʏктээх ʏрэ5и кэрийэн,

Ƴʏнʏлээх сирэмэр хаамыахха,

Сибэкки арааҺын бэрийэн,

Ƴɵрʏʏ ʏнкʏʏтʏн са5алыахха!


4 Эбэӊкилии ʏӊкʏʏ 4Б кылаас.


1 ыытааччы: Кʏɵх сайыны уруйдаан ɵбʏгэлэр ʏгэстэринэн ʏɵрʏʏ

ʏӊкʏʏтʏн «Сээдьэни» са5алыа5ыӊ.


«Сээдьэ» - Слепцова Н.С.



2 ыытааччы: Ыӊырыылаах ыалдьыттарбыт !

Ыраах хоту дойдубутугар,

Саргылаах сайыммыт кэлбитин,

Ƴɵрʏʏбʏтʏн ʏллэстэн,

Ытык дьоммут тумсэммит.

Сайа5ас ыччаттар мустаммыт,

Куох хонууга олорон Уорэ – кото сынньаныа5ыӊ!


1 ыытааччы: Элбэх дьону тʏмэр, ѳбʏгэлэр ʏтʏѳ оонньуулара биhиги

олохпутугар улахан суолталаахтар. Оонньуу кѳмѳтʏнэн

киhи билиини ылар, дьону кытта бодоруhар, бэйэтин

дьо5урдарын сайыннарар. Хоту айыл5а киhиттэн кʏʏhʏ,

тулууру, сытыы – сымса буолууну эрэйэр. Мѳлтѳх киhи

ʏлэни да кыайбат, сырыыга, айаӊӊа да сылдьыбат. Ол иhин

о5олоор, эhиги кыра эрдэххититтэн тʏргэнник сʏʏрэргэ,

ойорго, кʏʏстээх буоларга эрчиллиэхтээххит.

Чэйиӊ эрэ, до5оттоор! Ɵбʏгэ оонньууларын оонньуо5уӊ.


Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Внеурочная работа

Категория: Мероприятия

Целевая аудитория: 5 класс

Скачать
Сценарий эвенкийского праздника "Икэчик"

Автор: Никитина Агафья Алексеевна

Дата: 26.12.2016

Номер свидетельства: 373386


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства