kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Сценарий школьного внеклассного мероприятия по теме "Айыл5алыын алтыhыы"

Нажмите, чтобы узнать подробности

Основываясь на книгу писателя Иннокентия Сосина "Айыл5алыын алтыhыы"  научить детей любить свою родную землю, наблюдать и исследовать за изменениями природных явлений. Научить любить и беречь свою родную природу. Полученные знания могут быть полезны детям на каждом жизненном этапе. 

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Сценарий школьного внеклассного мероприятия по теме "Айыл5алыын алтыhыы"»



Автор: Бочурова Августина Гаврильевна

педагог-библиотекарь Муниципальное бюджетное общеобразовательное учреждение

« Хара- Алданская средняя общеобразовательная школа» Таттинского улуса Республики Саха (Якутия)



Тема: «Айылђалыын алтыhан»




Сыала: Тѳрѳѳбүт дойдуга, айылђађа тапталы, убаастабылы ођолорго иңэрии


Тэрээhин соруктара:

1. Иннокентий Сосин кинигэтин билсии

2. Айылђа кэрэтин кэрэхсииргэ уhуйуу


Туттуллар матырыйаал: Проектар, экран, Иннокентий Сосин «Айылђалыын алтыhан» кинигэтэ, презентация, ыраас лиис, ѳңнѳѳх харандаас, шаблоннар.

Библиотекарь: Кимнээђэр да баай, күүстээхтэн күүстээх, киhини-сүѳhүнү, хамсыыр-харамайы, үѳрү – кѳйүүрү ѳрүү күндүлүүр баар үhү?

- Таайыыта тугуй? (ођолор эппиэттэрэ)

- Айылђа

- Ол аата бүгүңңү тэрээhиммит туох туhунан эбитий?

- Айылђа

- Биhиги айылђа диэн тугу ааттыыбытый?

- Айылђа туhунан ханнык хоhоону билэђитий? (ођолор билэр хоhооннорун аађан иhитиннэрэллэр)

- Сир – Аан дойду бары норуотун сођотох улахан дьиэтэ. Саха киhитэ былыр-былыргыттан бэйэтин айылђа ођотунан аађынар. Биhиги, айылђа ођото буоларбыт быhыытынан, «уопсай дьиэбитин»- айылђаны харыстыахтаахпыт.

- Быйыл Россия президенэ Владимир Владимирович Путин 2017 сыл Россияђа туох сылынан биллэрбитэй?

- Экология

- Экология – гректии дьиэ-уот, тѳрѳѳбүт сир, иитиллэр эйгэ уонна үѳрэх, наука диэн ѳйѳбүллээх тыллартан үѳскээбит тиэрмин.

- Экология – хамсыыр харамай уонна үүнээйи үѳскээбит эйгэлэрин кытта биир ситимнэрин, бэйэ-бэйэлэриттэнттутулуктаахтарын үѳрэтэр наука.

- Экология диэн ѳйдѳбүлү наука тиэрминин быhыытынан бастаан 1866 сыллаахха немец биолога Эрнест Геккель туттубута.



Саха аађааччытыгар «Алаас ахтылђаннаах ырыаhытын» быhыытынан киэңник биллэр, ођо аймах тапталлаах суруйааччыта Иннокентий Михайлович Сосин «Айылђалыын алтыhан» диэн кинигэтинэн оонньуу тэрээhиммитин ыытыахпыт.

Бу кинигэ ођолору тѳрѳѳбүт тѳрүт сирдэрин-уоттарын таптыырга, айылђа үѳhүгэр сылдьан күнү-дьылы кэтээн кѳрѳргѳ, чинчийэргэ угуйар.

Бастакы түhүмэхпит:

«Сайа охсор салгыннаах айылђабыт барахсан»

Бастакы түhүмэххэ хас биирдии хамаандађа түѳрдүү боппуруостаах ыйытыктары түңэтэбин, хамаанданан толкуйдаан баран эппиэккитин суруйађыт уонна жюрига биэрэђит. Биирдии сѳп эппиэккэ биирдии жетон бэриллэр.

  1. Сааскы ыйдары ааттаталаа? (кулун тутар, муус устар, ыам ыйа)

  2. Сааскы бэлиэлэр? (туллук элбэх буоллађына саас кус элбэх буолар)(Быйыл хоруобуйаттан таммалаабыт муус чопчуулар суоннар уоннар уhуннар- ити уулаах саас чинчитэ)

  3. Туллук тођо эрдэ кэлэрий? (туундарађа уйалаах, онно сайын кылгас)

  4. Саха сиригэр кыhын да бүтэ, хаар да уулла илигинэ ханнык кѳтѳрдѳр уйа тутталларый, сымыыт баттыылларый? (Ымыы,Кукаакы )(«Ымыы сымыыта», «Кукаакы уйатыгар»



Иккис түhүмэх

«Толкуйдатар таабырыннар туhаларын билэбит»


Билигин ким элбэх таабырына таайар эбитий. Сѳпкѳ эппиэттээбит ођођо жетон биэрэн иhиэхпит.

  1. Охоноон ођонньор аңар атахтаах үhү? (тэллэй)

  2. Кыhын да, сайын да хагдарыйбат ходуhа баар үhү? (таба муођа)

  3. Сир анныгар итии болгуо сытар үhү? (Эhэ )

  4. Yтүѳ киhи сылга биирдэ киэргэнэр үhү? (тыа)

  5. Кыракый да буолларбын бууру охторор бухатыырбын диир баар үhү? (кырынаас)

  6. Халлааңңа кугас былаат тэлээрэ сылдьар үhү? (элиэ)

  7. Сайыннары-кыhыннары уларыйбат кыыс ођо баар үhү? (Харыйа)

  8. Күн кыыhа күѳмэйигэр кѳмүс бэчээттээх үhү? ( киис)

  9. Халлааны хайыта суруйдарбын дэнэр баар үhү? ( Yгүрүѳ)

  10. Алта атахтаах аадан бѳђѳс баар үhү? ( хомурдуос)

  11. Маңан таңастаах, маңан эттээх, барыга туттуллар Майбары хотун баар үhү?(Хатың)

  12. Өрүстээх да – уута суох, тыаллаах да- маhа суох, куораттардаах да- киhитэ суох дойду баар үhү? (Карта)

  13. Эргийэр – эргийэр, ханна да барбыта биллибэт? (Сир)



Yhүс түhүмэх:

«Саамал кымыс утахтаах самаан сайын барахсан»


  1. Сайыңңы ыйдары ааттаталаан? (Бэс ыйа, от ыйа, атырдьах ыйа)

  2. Сайын сађынньах кэтэр, кыhын устан кэбиhэр баар үhү? (тыа)

  3. Кыhын, сайын күѳх баар үhү? (Харыйа, бэс)

  4. Ођолооор, тиит лабаата ардах буолаары гыннађына, тођо аллаараа түhэрэ буолуой? ( Ардах буоларын чугаhыгар от-мас барыта сиигирэр, уутуйар, ол кэннэ салгын баттааhына улаатар. Онон тиит мутукчата ыйааhына ыараан аллара санньыйар – диэн тохсус кылаас үѳрэнээччитэ Петя Попов толкуйдаата)

  5. «Yѳрэ оттуу сылдьан» - диэн кэпсээңңэ ођолор чыычаах уйатын булаллар. Чыычаах сымыытын илиинэн таарыйар тођо сатамматый? (сымыыты илиинэн туттахха, чыычаах уйатын бырађар)

  6. Хатың чээритэ эмтээх, туохха туhалаађый? (Хаан баттааhыныгар, куртахха,оhођоско, сүhүѳх ыарыытыгар туhалаах)

  7. Бађа хайдах бултууруй? ( Бађа булдун тылынан тутар. Тыла олус уhун уонна сыстаңнас.)

  8. Билгэ Оођуй ођус ситимэ элбэх буоллађына? (Сотору кэминэн ардах кэлиэ суођа. Оођуй ођус ситимэ олус хойуу) («Оођуй ођус ситимэ» )

  9. Ойуур устун дьэрэкээн таңастаах ођолор сырсаллар үhү? ( Мођотойдор) Хатың туhунан тугу билэргитин кэпсиигит.

  10. Хатың туhунан тугу билэргитин кэпсиигит?

  11. Билигин дьэдьэнниэхпит (ким элбэх дьэдьэни хомуйар эбитий) (Дьэдьэнниттэр) хамаандаттан биирдии ођо тахсар. Биир илиилэрин кэннилэригэр туталлар. Биир илиилэринэн тѳhѳ элбэх дьэдьэни үрүүллэр эбитий. Хайы хамаанда элбэх дьэдьэни үргүүр эбитий.



Тѳрдүс түhүмэх:

«Элбэђи истиэң – элбэххэ үѳрэниэң»

Хамаандалартан хамандыырдар тахсаллар. Биhиги кинилэргэ 9 боппуруостаах ыйытыгы биэрэбит. 2 мүнүүтэ устата таайаллар. Хайы хамаанда хамандыыра элбэх боппуруоска эппиэттиир эбитий. 1 сѳп эппиэт 1 жетон

  1. Саха сирин саамай улахан тоңсођойо хайдах дьүhүннээђий? (Хара, тѳбѳтүн оройо кыhыл)

  2. Ханнык кѳтѳр кыhын хаhаас оңосторуй? (Кедровка, мэкчиргэлэр)

  3. Лыах күhүн ханна сүтэрий? (Сорођор кыhын утуйар, үгүс ѳттѳ тоңон ѳлѳр)

  4. Чыычаах сымыытын илиинэн таарыйар тођо сатамматый? (сымыыты илиинэн туттахха, чыычаах уйатын бырађар)

  5. Саха сирин саамай улахан кѳтѳрѳ? (Куба)

  6. Саха сирин саамай кыра кыылын ыйааhына 2,5 г.? (уhун тумус)

  7. Тайах муоhа хаhан түhэрий? (ахсынньыга)

  8. Кыhын маңхайар ханнык кыылы билэђитий? (муңур)

  9. Кус Саха сиригэр тођо кыстаабатый? (тымныы, Сир анныттан итии уу тахсар сиригэр кыстыыллар)





Бэhис түhүмэх.

«Тэлгэhэ иhинээђи билгэhиттэр»

Бу күрэххэ хамаанданан толкуйдуугут. Биирдии хамаанда үстүү билгэни билэргитин биир-биир туран этэђит

Тугу барытын болђомтолоохтук кѳрѳ үѳрэниэххэ наада. Оччођо эрэ, эhиэхэ айылђа бэйэтин кистэлэңнэрин сыыйа арыйыађа.

  1. Холобур: сарсыарда дьиэђиттэн тахсаргытыгар сахсырђа сирэйгитигэр түспэт, ү1hээнэн кѳтѳ сылдьар буоллађына – кураан күн.

  2. Тэлгэhэђэ ньээм от арађас тѳбѳтүн арыйбытынан кѳрүстэђинэ – бүгүн ардађы күүтүүмэ.

  3. Кырыыhађа уйаламмыт хараңаччылар үѳhээнэн кѳтѳ сырыттахтарына – ардах түhүѳ суођа.

.

Алтыс түhүмэх:

«Кѳтѳђүнэн кэhиилэнэн кѳмүс күhүн тиэтэйэр»

  1. Күhүңңү ыйдары ааттаталаа?(Балађан ыйа, алтынньы)

  2. Күѳрэгэй тођо кыстаабатый? (кыайан маска олорбот. Кини хонууга сылдьар. Күѳрэгэй хонуу кѳтѳрѳ, тыађа хаhан да олорбот)

  3. «Кутуйах туhунан хоhоон» кэпсээңңэ Дуня кутуйах туhунан хоhоон суруйбут. Онон билигин хамаандалар хоhоон суруйан холонуохпут

  4. «Куобахчаан» кэпсээңңэ Даша диэн кыыс куобах туhунан хоhоон суруйбут. Билигин куобах туhунан хоhоон суруйађыт.

Кутуйах, кутуйах-

Кыракый «уоруйах».

Килиэби кэбийэр,

Кыhыңңа хааччынар.


Аhылык хаhаанан,

Ампаарын толорор.

Кыhынын хорђойор

Хороонун оңостор.


Чиң, чахчы «тииң мэйии»

Өлбѳтүн тэринэр.

Ођотун-уруутун

Олоххо үѳрэтэр.


Ойуурга, хонууга

Куобахчаан ойуолуур,

Саңа хаар түhэрин

Сонурђаан одуулуур



Сэттис түhүмэх:

«Тыл-ѳс оонньуулара толкуйдатар аналлаахтар»


Т

























































  1. Саас хаардаахха кэлэр маңан дьүhүннээх чыычаах (6)

  2. Саха сүгүрүйэр ытык кѳтѳрѳ (7)

  3. Мас кѳтѳрѳ (8)

  4. Туундара үрүң мэкчиргэтэ (4+3)

  5. Туундарађа сымыыттыыр улахан үѳл кус (7)

  6. Тыңырахтаах кѳтѳр (4)

  7. Хара улар тыhыта (7)

  8. Трясорузка сахалыыта (5+8)

  9. Бу кѳтѳрү буурђаhыт дииллэр (6)


Т

у

л

л

у

к

ы

т


ч

ы

и

л

а

а

а


ы

г

э

э

р

х

л


ы

л

р

л

э

а

ы


ч

ы

д

л

б

й

к

а

а

с

э

и

э

у

у

ђ

а

э

ђ

б

э

т

р


  1. Саас хаардаахха кэлэр маңан дьүhүннээх чыычаах (6) (туллук)

  2. Саха сүгүрүйэр ытык кѳтѳрѳ (7) (Кыталык)

  3. Мас кѳтѳрѳ (8) (Куртуйах)

  4. Туундара үрүң мэкчиргэтэ (4+3) (Хаар эбэ)

  5. Туундарађа сымыыттыыр улахан үѳл кус (7) (Ээбиллэ)

  6. Тыңырахтаах кѳтѳр (4) (Элиэ)

  7. Хара улар тыhыта (7) (Эрдэђэс)

  8. Трясорузка сахалыыта (5+8) (сылгы чыычаађа)

  9. Бу кѳтѳрү буурђаhыт дииллэр (6) ( )




Ахсыс түhүмэх:

«Кыскыырай тымныылаах кыhыммыт эргийдэ»

1. Кыhыңңы ыйдар? ( сэтинньи, ахсынньы, тохсунньу, олунньу)

2. Уhун кыhыны быhа утуйан-утуйан баран саас уhуктар кыыллар ? (Эhэ, Мођотой, Таарбађан)

3. Тайах муоhа хаhан түhэрий? (ахсынньыга).

4. Кыhын маңхайар ханнык кыылы билэђитий? (муңур)



Тохсус түhүмэх:

Кыhыл кинигэ


От-мас, кѳтѳр-сүүрэр, биhигини тулалыыр тыынар тыыннаах барылара – айылђа ођолоро. Манна туhата суох, туhалаах диэн туох да араарыллыбат. Быыкаайык бырдахтан баарађай тайахха, саңа быган эрэр ачаттан лиңкир тииккэ тиийэ бары туhалаахтар. Балартан хайаларын эмэ суох оңордоххо атыттар эмиэ ѳлѳн-сүтэн барыахтара.

Билигин мин кыhыл кинигэђэ киирбит кѳтѳрдѳрү-харамайдары, кыыллары, сибэккилэри ааттаталыам. Ону эhиги «кыhыл кинигэттэн булан ылыахтааххыт.

  1. Лилия пенсильванская

  2. Олень северный

  3. Песец обыкновенный

  4. Медведь полярный

  5. Стерх

Кыhыл кинигэђэ айылђаттан сүтэн эрэр үүнээйилэр, кѳтѳрдѳр-харамайдар, кыыллар киирэллэр. Эhиги кѳтѳрү-сүүрэри сиhилии билиң уонна харыстаан.

Айылђаны ким таптаабата баарый? Мин эмиэ айылђаны таптыыбын. Кини ѳссѳ ордук тупсан чэлгийэн иhиэн бађарабын.

Билигин бары жетоннарбытын аађабыт. Ким жетона элбэх эбитий.


Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Внеурочная работа

Категория: Мероприятия

Целевая аудитория: 5 класс.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
Сценарий школьного внеклассного мероприятия по теме "Айыл5алыын алтыhыы"

Автор: Бочурова Августина Гаврильевна

Дата: 16.03.2017

Номер свидетельства: 400851


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства