kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

„Кылаас та?ынан аађыы т???лгэтэ“ саха литературатыгар элективнэй куурус. 7 кылаас.

Нажмите, чтобы узнать подробности

 „Кылаас та?ынан аађыы т???лгэтэ“

саха литературатыгар элективнэй куурус.

7 кылаас.

Аађыы – ??н??-сайдыы т?рд?.

Били??и информация, компьютер, техника ?йэтигэр ођо элбэђи са?арбат, барытын кылгатан, нууччалыы тылы туттан, элбэх сыыс тыллаах кэпсэтэр. Онтон аађар ођо тыла баай, ону та?ынан олоххо бигэ к?р??лээх, бары ?тт?нэн сайдыылаах буоларын олох к?рд?р?р. Били??и ођолор уус-уран кинигэни олох аахпат, библиотекађа сылдьыбат буоллулар. Ону туоратар сыалтан  „Кылаас та?ынан аађыы т???лгэтэ“ диэн ааттаан 7 кылаастарга эбии дьарык программатын о?орон, былырыы??ыттан ?лэбин сађалаабытым. Ол ођолорум билигин 8-с кылааска салгыы дьарыктана сылдьаллар. Маннык эбии дьарык программатын э?иилги 5-с кылаастарга ФГОС ођолоругар с?п т?бэ?эр программаны о?оро, толкуйдуу сылдьабын.

          Билигин идэђэ ту?аайыылаах ??рэхтээ?ин идэни с?пк? талыыны, ки?и кыађа, дьођура толору а?ыллыытын, сайдыытын тэ?э, ылбыт билиигэ, ??р?йэххэ олођуран, бэйэ дьарыгын бэйэ тэринэ ??рэниитигэр к?м?л???р соруктаах.

Ки?и уонна б?т?н общество олођор дири? билиини, сиэри-майгыны, ?й?-санааны байытар суолунан кинигэ аађыыта буолар.

            Уус-уран айымньыны аађыы – т?р??б?т тылы ба?ылааьын биир с?р?н суола.

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«„Кылаас та?ынан аађыы т???лгэтэ“ саха литературатыгар элективнэй куурус. 7 кылаас. »

Уус-Алдан улууһа

Өспөх орто оскуолата

саха тылын уонна литературатын учуутала

Горохова Парасковья Никифоровна


„Кылаас таһынан аађыы түһүлгэтэ“

саха литературатыгар элективнэй куурус.

7 кылаас.


Быһаарыы сурук

Аађыы – үүнүү-сайдыы төрдө.

Билиңңи информация, компьютер, техника үйэтигэр ођо элбэђи саңарбат, барытын кылгатан, нууччалыы тылы туттан, элбэх сыыс тыллаах кэпсэтэр. Онтон аађар ођо тыла баай, ону таһынан олоххо бигэ көрүүлээх, бары өттүнэн сайдыылаах буоларын олох көрдөрөр. Билиңңи ођолор уус-уран кинигэни олох аахпат, библиотекађа сылдьыбат буоллулар. Ону туоратар сыалтан „Кылаас таһынан аађыы түһүлгэтэ“ диэн ааттаан 7 кылаастарга эбии дьарык программатын оңорон, былырыыңңыттан үлэбин сађалаабытым. Ол ођолорум билигин 8-с кылааска салгыы дьарыктана сылдьаллар. Маннык эбии дьарык программатын эһиилги 5-с кылаастарга ФГОС ођолоругар сөп түбэһэр программаны оңоро, толкуйдуу сылдьабын.

Билигин идэђэ туһаайыылаах үөрэхтээһин идэни сөпкө талыыны, киһи кыађа, дьођура толору аһыллыытын, сайдыытын тэңэ, ылбыт билиигэ, үөрүйэххэ олођуран, бэйэ дьарыгын бэйэ тэринэ үөрэниитигэр көмөлөһөр соруктаах.

Киһи уонна бүтүн общество олођор дириң билиини, сиэри-майгыны, өйү-санааны байытар суолунан кинигэ аађыыта буолар.

Уус-уран айымньыны аађыы – төрөөбүт тылы баһылааьын биир сүрүн суола.

Уус-уран литература сиэрдээх киһи иитиллэн тахсарыгар олук уурар сүдү аналлаах. Литература ханнык да наукатаађар уруттаан, общество олођун араас көстүүлэрин бэйэтин ньыматынан быһаарар кыахтаађын үөрэнээччилэр литература уруоктарыттан билэллэр. Олох уонна уус-уран айымньы быстыспат ситимнээхтэрин туһунан дириң өйдөбүлү ылар кыах кылаас таһынан үлэђэ ситиһиллэр.

Оскуолађа программа иһинэн үөрэтиллэр айымньылар үксүн быһа тардыылар, тэттик кэпсээннэр, кыра кээмэйдээх хоһооннор буолаллар. Туһааннаах бириэмэђэ айымньы ситэ-хото арыллыбат. Кэмигэр күөрэйбит ођо сойо илик сонурђааһынын салгыы кылаас таһынан аађыы түһүлгэтигэр сайыннарыахха сөп.

Уруокка аађыллар айымньылар салгыы кылаас таһынан аађыынан ситиһиллэллэр. Суруйааччы атын айымньыларын көмөлөрүнэн эйгэни үөскэтии ситиһиллэр, ыйытыылар, сорудахтар үөскээбит проблеманы атын суруйааччылар айымньыларыгар тирэђирэн, дириңэтэр суолу тобулуу үлэ ураты көхтөөхтүк барарын хааччыйар. Ођо бэйэтэ сөбүлээн аахпыт айымньыларыгар тирэђирэн, атын суруйааччылар айымньыларын кытта тэңнээн, ырытан көрөр айымньылаах үлэтэ аађааччы быһыытынан сайдыытын көрдөрөр. Түмүгэр тылын саппааһа байар, суруйар дьођура эмиэ сайдар.

Тыл үөрэ5э тыл форматын сүрүннээн үөрэтэр эбит буоллађына, литература тыл киһиэхэ дьайар ис номођун үөрэтэр. Тыл уруогар ылбыт билии уус –уран айымньы тылын ырытыыга тирэх буолар.

Киһи уонна бүтүн общество олођор дириң билиини, сиэри майгыны, өйү-санааны байытар суолунан кинигэ аађыыта буолар.

Бэриллибит айымньы кылааска барыллар айымньыларга ис хоһоонунан, тиэмэтинэн чугас, ситимнээх.

Айымньыны болђомтолоохтук аађыы ирдэниллэр. Ону ис хоһоонугар баар түгэннэргэ тохтоон ыйыталаһар эрэ буоллахха ситиһиллэр. Маныаха мин ођолорго бэйэлэригэр сорудах биэрэбин. Хас биирдии ођо айымньыны аађан бүтэрдэђинэ тургутук оңотторобун. Эбэтэр дьиэлэригэр бэлэмнээн кэлбит тестэрин бэйэлэрэ бииргэ үөрэнэр ођолоругар толоттороллоругар, сыана быһалларыгар кыах биэрэбин. Өссө биир табыгастаах көрүңүнэн тиэкис ис хоһоонун уларытан сыыһатын булларыы, ситэрии. Онно аахпатах эбэтэр көтүмэхтик аахпыт ођо биллэн тахсар.

Аађылла илик айымньыны ођо бађаран туран аађарын ситиһэр сыалтан, араас көрүңнээх уруоктары, сөптөөх айымньыны талан, кэрэхсэбиллээх түгэннэрин быһа тардан аађан, айымньы түмүгүн аһађас хаалларан, өссө күүскэ бађаран туран аађалларын ситиһиллэр уо.д.а. үлэ көрүңүн ыытыахха сөп.

„Ођо ођоттон үөрэнэр“ диэн мээнэђэ эппэттэр. Айымньыны ырытыыга, ылыныыга бөлөхтөрүнэн үлэлиир көдьүүстээх. Ођолор бэйэ-бэйэлэрин санааларын ситэрсэн, толорсон биэрэллэр.

Билиңңи кэмңэ уус-уран кинигэ кылаас ођотун ахсаанынан тиийбэтэ үлэни атахтыыр. Ол иһин айымньыны үллэрэн аађабыт. (Ксерокстаан) Дьиэђэ аађыллыбыты кылааска кэпсэттэрии. Аађарын ыарырђатар ођођо бэйэтин таһымынан бэриллэр. Айымньы ситимин быспат туһуттан, бары эппиэтинэстээхтик үлэлииргэ кыһаллаллар.

Улахан суолтаны үөрэнээччи тэтэрээтин тэрээһиннээхтик ыытыы ылар. Ол тэтэрээккэ ођо аахпыт айымньытын кылгас ис хоһооно (аннотация), тиэмэтэ, сүрүн санаата, геройдара, ааптара, уратыта суруллар.

Чиэппэр бүтүүтүгэр кылаас таһынан аађыыга, ол эбэтэр чиэппэр устата аађыллыбыт айымньыларынан күрэх тэриллэр. Ону таһынан, улуус, оскуола иһинэн ыытыллар уус-уран аађыы конкурстарыгар кыттыы ыытыллар, бэлэмнэниллэр.

Ханнык бађарар киһи үрдүк уус-уран таһымнаах айымньыны аађыыттан дуоһуйар, туох эмэ санаађа тиийэр. Оттон үөрэнээччи сыыйа сайдан иһэр ођотук өйүгэр-санаатыгар, иэйиитигэр уус-уран айымньыттан сөптөөх хоруйу булан, дьону-сэргэни, олођу сылыктыы, быһаара, сыаналыы үөрэнэр.

Куурус сыала:

  1. Үөрэнээччини кинигэни аађарга уһуйуу, бэйэтин кыађар, дьођуругар эрэли үөскэтии, санаатын күүһүрдүү.

  2. Сахабыт литературатын суолтатын өссө үрдэтии.

  3. Аађыы культуратыгар дьулуһуу, аађааччыны иитии.

  4. Уус-уран айымньыны ођо тус суолталаахтык ылынар дьођурун сайыннарыы.

  5. Уус-уран айымньы тылыгар болђомтолоох , литература үөрэђэр дириң билиилээх буолууну ситиһии.

  6. Ођону олоңхо көмөтүнэн сахалыы тыыңңа иитии, олоңхођо интэриэһи үөскэтии.

Соруга:

  1. Ођону кэрэни кэрэхсииргэ, өйдүүргэ уһуйуу; Ођо эргиччи сайдарыгар, бэйэтин ураты киһи быһыытынан сананарыгар толору кыах биэрии.

  2. Төрөөбүт ийэ тыл баайын-кыађын баһылыырыгар, сахалыы толкуйу тобуларыгар, санаатын сайа этэригэр эйгэ тэрийии.

  3. Үөрэнээччигэ интэриэс үөскэтии.

  4. Ођону төрөөбүт тылынан аађарга, айымньы алыптаах эйгэтигэр сиэтэн киллэрэн, төрөөбүт литературатын таптыырын, умсугуйан туран аађарын ситиһии.

  5. Ођо өйө-санаата, тыла-өһө, майгыта-сигилитэ, билиитэ-көрүүтэ эргиччи сайдарыгар толору кыах биэрии.

  6. Ођо аађар, аахпытын анаарар, олођор таба туһанар сатабылын сайыннарыы.

  7. Ођо ыллыыр, сценађа оонньуур талаанын сайыннарыы; олонхону толорууга уһуйуу.

  8. Ођо айар дьођурун көђүлээһин, өйөөһүн;

Практическай суолтата: уус-уран айымньыга интэриэһи күүһүрдүү. Төрөөбүт сахабыт литературатыгар интэриэһи үөскэтэр, убаастабылы иңэрэр суолталаах.

Темам сонуна: уус-уран айымньы алыбын, итэђэтэр, ылыннарар ураты күүһүн аађыы, ырытыыга холонуу буолар.

Үлэм актуальноһа: ођо уус-уран кинигэни аађыытын көђүлээһин, литература сылынан төрөөбүт тылбытын өссө сайыннарыы, үрдэтии. Билиңңи түргэнник уларыйар сайдыылаах олоххо бэйэбит культурабытын, фольклорбутун, тылбытын билэр эрэ буоллахпытына норуот быһыытынан симэлийбэккэ олоруохпутун сөп.

Сүрүн ирдэбиллэр:

  1. Тургутуу үлэђэ ођо айымньыны төһө болђомтолоохтук аахпытын, ис хоһоонун төһө билэрин быһаарыы.

  2. Суругунан үлэђэ тылы, этиини таба суруйуутугар, туттуутугар, тиэмэтин тилэри арыйыытыгар болђомто ууруу.

  3. Тылынан күрэххэ төрөөбүт ийэ тыл баайын-кыађын баһылааһыныгар, сахалыы толкуйу, санааны сайа этэр дьођуругар, тылыгар-өһүгэр болђомто ууруу.

Ылар билии, сатабыл:

  1. Уус – уран тыл айымньыга суолтатын таба көрөн өйдүүр буолуу;

  2. Тылы таба туттуу;

  3. Икки эбэтэр хас да айымньы тылын сатаан тэңниир, уратыларын быһаарар

буолуу;

  1. Бөлөх иһигэр алтыһыыга киирэ, санаа атастаһа үөрэнии;

  2. Суруйааччы тылын чинчийэн, түмүк оңорор, иһитиннэрэр кыах;

Үлэ көрүңнэрэ:

- уус-уран аађыы конкурстара;

- сценка, драма , дьүһүйүү туруоруу;

- айар үлэђэ уһуйуу;

- айар улэ5э холонуу,

- викториналар,

- литературнай курэхтэр.

- ток-шоу.




























Куурус темаларын былааннааһын


Дьарык темата

Чааһа

Көрүңэ

Оңоһуллар үлэ

Бэлиэтээһиннэр


1

1 чиэппэр (8 чаас)

Киирии уруок


1


Лекция

Беседа




2-4

Олоңхо. „Эрчимэн Бэргэн“

3

Уус-уран аађыы

Конспект

Тургутук

5-8

Олоңхо. Константин Оросин „Дьулуруйар Ньургун Боотур“

4

Уус-уран аађыы


„Олоңхону толорууга утумнаахтык“ олоңхону толорооччулар улуустаађы күрэхтэригэр улахан бөлөх ођолоругар күргүөмүнэн толорууга кыттыы.


9-10

2 чиэппэр(7 чаас)

Ойуунускай „Омуннаах ођо“


2



Аннотация.



11-12

Күндэ „Марба“

2


Тургутук


13-15

Тимофей Сметанин „Кыһыл былааттаах кыыс“ пьеса-остуоруйа.

3


Аннотация.

Тест


16

18

3 чиэппэр(10 чаас)

Амма Аччыгыйа „Атађастабыл“ сэһэн.


3



Өйтөн суруйуу.



19

21

Н.М.Заболоцкай-Чысхаан „Болот моһуогуруулара“ кэпсээн.

3




22

25

С.П.Ефремов „Ини-бии“ драма.

4



Сүрүн геройдары ырытыы.

Түмүгүн аһађас хаалларыы – уонна тургутукка киллэрии.


26

29

4 чиэппэр(8 чаас)

Суорун Омоллоон „Күөх Көппө“ драма.


4



Өйтөн суруйуу.

Сөптөөх, интэриэһинэй түгэннэрин быһа тардан аађыы.

30

32

Эрилик Эристиин „Соһуччу үеруу“

4


Аннотация.

Тест


33

Сыллаађы хатылааһын.

1

Зачет

Тургутук



Куурус темаларын ис хоһооно

Дьарык темата

Ис хоьооно

1

Киирии уруок

Кинигэ-билии төрдө.

2

Олоңхо. „Эрчимэн Бэргэн“

Олоңхо өйдөбүлэ. Сырдык-хараңа күүрсүүтэ. Уус-уран тыла. Ойуулуур-дьүһүннүүр тыла. Олоңхођо фантастика уонна олох алтыһыыта. Айыы киһитэ аһыныгас, күн киһитэ көмүскэс. Олоңхо ис номођо. Олоңхоьуттар. Олоңхо ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалара.

3

Олоңхо. Константин Оросин „Дьулуруйар Ньургун Боотур“

4

Ойуунускай „Омуннаах ођо“

Кэпсээн өйдөбүлэ. Жанр уратыта. Кэпсээн геройа.Быһыыта-майгыта, олоххо, дьоңңо, бэйэтигэр сыһыана Ойођос герой айымньыга суолтата. Ойуулааһын, сэһэргээьин. Диалог. Монолог. Кэпсээн автора.Аађааччыны тардар күүһэ.

5

Күндэ „Марба“

Кэпсээн сюжета, тутула. Литер.герой мэтириэтэ, кинини хоһуйар уус-уранньыма.Кэпсээңңэ айылђаны ойуулааһын суолтата, ньымата.Саха кэпсээнигэр

6

Тимофей Сметанин „Кыһыл былааттаах кыыс“ пьеса-остуоруйа.

Драматическай айымньы өйдөбүлэ. Драма сүрүн уратыта. Драмађа быһыы-майгы кэпсэтиинэн, айымньы геройун саңатынан арыллар кистэлэңэ. Диалог. Монолог.

7

Амма Аччыгыйа „Атађастабыл“ сэһэн.

Сэһэн көрүңэ. Сэһэңңэ герой характерын сайдыыта.

8

Н.М.Заболоцкай-Чысхаан „Болот моһуогуруулара“ кэпсээн.

Кэпсээн өйдөбүлэ. Жанр уратыта. Кэпсээн геройа.Быһыыта-майгыта, олоххо, дьоңңо, бэйэтигэр сыһыана Ойођос герой айымньыга суолтата. Ойуулааһын, сэһэргээьин. Диалог. Монолог. Кэпсээн автора.Аађааччыны тардар күүһэ.

9

С.П.Ефремов „Ини-бии“ драма.

Драма өйдөбүлэ, сюжета, тутула. Персонаж саңата, тыла-өһө. Драмађа сүрүн уонна ойођос герой.

10

Суорун Омоллоон „Күөх Көппө“ драма.

Драма өйдөбүлүн байытыы.драма көрүңэ: комедия, драма, трагедия. Драмађа быһыы-майгы, герой характера арылларыгар утарсыы, конфликт суолтата. Конфликт төрүөтэ, тыңааһына, сөллүүтэ.

11

Эрилик Эристиин „Соһуччу үөрүү“

Эпическэй айымньы өйдөбүлүн байытыы. Литературнай герой өйдөбүлүн байытыы. Герой ис дууһатын, уйулђатын, иэйиитин ойуулааһын араас өрүтэ.

12

Сыллаађы хатылааһын.

Үөрэппит темаларын төһө өйдөөбүттэрин чиңэтии, бэрэбиэркэлээһин.


Аађыллар айымньы испииһэгэ:

  1. Олоңхо. „Эрчимэн Бэргэн“

  2. Олоңхо. Константин Оросин „Дьулуруйар Ньургун Боотур“.

  3. Ойуунускай „Омуннаах ођо“

  4. Күндэ „Марба“

  5. Тимофей Сметанин „Кыһыл былааттаах кыыс“ пьеса-остуоруйа.

  6. Амма Аччыгыйа „Атађастабыл“ сэһэн.

  7. Н.М.Заболоцкай-Чысхаан „Болот моһуогуруулара“ кэпсээн.

  8. С.П.Ефремов „Ини-бии“ драма.

  9. Суорун Омоллоон „Күөх Көппө“ драма.

  10. Эрилик Эристиин „Соһуччу үеруу“



Туһаныллыбыт литература:

  1. Саха тылын быһаарыылаах тылдьыта.

  2. М.А.Попова. Саха литературатыгар тирэх өйдөбүллэр. Дь.1997.

  3. Е.М.Поликарпова. Саха литературатын оскуолађа үөрэтии методиката. Дь.2006.

  4. В.Р.Шишигина. Литература уруогар үөрэнээччи үлэтэ. Дь.2012.

  5. Саха литературата. 9-10 кыл. Дь.1990.

  6. Ю.В.Андросова. Олонхо в игровой деятельности детей. 2013.

  7. Төрөөбүт тыл уонна литература. Научнай-методическай сурунаал. 2013

Ханнык бађарар киһи үрдүк уус-уран таһымнаах айымньыны аађыыттан дуоһуйар, туох эмэ санаађа тиийэр. Оттон үөрэнээччи сыыйа сайдан иһэр ођотук өйүгэр-санаатыгар, иэйиитигэр уус-уран айымньыттан сөптөөх хоруйу булан, дьону-сэргэни, олођу сылыктыы, быһаара, сыаналыы үөрэнэр.

Бүгүңңү олохпут сүрүн тосхоло – ођону төрөөбүт айылгытыгар, айылђатыгар сөп түбэһиннэрэн, алтыһыннаран, дьыл, кэм-кэрдии хаамыытынан салайтаран, ол аата ођону төрөөбүт ийэ тылыгар, культуратыгар, төрүт үгэстэригэр олођуран норуотун итэђэлигэр иитии-үөрэтии, уһуйуу буолар.

Ийэ тылынан хомођойдук саңарар, дьон иннигэр иңнибэккэ-толлубакка талаанын, дьођурун, сатабылын көрдөрөр, санаатын толору этэр, сиэрдээх-майгылаах, культуралаах ођону иитэн таһаарар сыалтан кылаас таһынан аађыы түһүлгэтэ тэрилиннэ.

Үөрэнээччи ханна бађарар тиийдэђинэ, төрөөбүт ийэ тылынан хомођойдук саңарар, төрүт үгэстэрин, итэђэлин билэр буоллађына, бэйэтин саха омук буоларынан үрдүктүк сыаналаныа этэ. Ону тэңэ тылбыт-өспүт, культурабыт, үтүө үгэспит, итэђэлбит умнуллан, симэлийэн хаалыа суођа.

Уус-уран айымньы ођо сиэр-майгы өттүнэн сайдыытыгар, уйулђата уһуктарыгар, мөкүттэн үтүөнү араара үөрэнэригэр көмөлөһөр. Саха литературата баай ис хоһоонноох кинигэлэринэн толору. Билигин төһө дађаны Интернет сайдан турдар кинигэ туһата сүппэт.

Бу куурус түмүгүнэн үөрэнээччи уус-уран тыл айымньыга суолтатын таба көрөн өйдүү, тылы таба тутта, айымньыны ырытарыгар теоретическай билиитин туһана үөрэниэхтээх, бөлөх иһигэр алтыһыыга киирэн, санаа атастаһарга үөрэнэр, тылын саппааһа байан, араас айар күрэхтэргэ кыттар кыахтанар буолуохтаах.

Түмүк.

  1. Үөрэнээччи сыыйа сайдан иһэр ођотук өйүгэр-санаатыгар, иэйиитигэр уус-уран айымньыттан сөптөөх хоруйу булан, дьону-сэргэни, олођу сылыктыы, быһаара, сыаналыы үөрэнэр.

  2. Ођо төрөөбүт ийэ тылыгар, культуратыгар, төрүт үгэстэригэр олођуран норуотун итэђэлигэр иитиллэр, уһуйуллар.

  3. Ийэ тылынан хомођойдук саңарар, дьон иннигэр иңнибэккэ-толлубакка талаанын, дьођурун, сатабылын көрдөрөр, санаатын толору этэр, сиэрдээх-майгылаах, культуралаах буолар.

  4. Уус-уран айымньы ођо сиэр-майгы өттүнэн сайдыытыгар, уйулђата уһуктарыгар, мөкүттэн үтүөнү араара үөрэнэригэр көмөлөһөр.

  5. Үөрэнээччи уус-уран тыл айымньыга суолтатын таба көрөн өйдүүр, тылы таба туттар, айымньыны ырытарыгар теоретическай билиитин туһана үөрэнэр, бөлөх иһигэр алтыһыыга киирэр, санаа атастаһарга үөрэнэр, тылын саппааһа байар, араас айар күрэхтэргэ кыттар кыахтанар.

„Кылаас таһынан аађыы түһүлгэтэ“ диэн элективнэй куурус түмүгүнэн ођолор араас күрэхтэргэ ситиһиилэннилэр. Онон уус-уран айымньыны аађыы улахан суолталаах. Ордук ођо тыла-өһө имигэс буолуутугар, саңарар, толкуйдуур, ырытар, дьођура сайдарыгар, дьон иннигэр санаатын этэ үөрэнэригэр көмөлөөх. ођолор өссө күүскэ өйдөөтүлэр: аађыы – үүнүү-сайдыы төрдө буоларын.


Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Внеурочная работа

Категория: Прочее

Целевая аудитория: 7 класс.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
„Кылаас та?ынан аађыы т???лгэтэ“ саха литературатыгар элективнэй куурус. 7 кылаас.

Автор: Горохова Парасковья Никифоровна

Дата: 09.03.2015

Номер свидетельства: 183696


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства